Иһинээҕитигэр көс

1956

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1952 1953 1954 195519561957 1958 1959 1960
Уоннуу сыллар
1920-с 1930-с 1940-с1950-с1960-с 1970-с 1980-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1956 сыл.

  • Уус Бүлүүтээҕи гаас хостонор сир аһыллыбыт.
  • Олунньу 14-25 күннэрэ — ССКП X сийиэһэ буолбут. Бу сийиэскэ улахан уларыйыылар торумнаммыттара: Иосиф Сталин алҕастара сараламмыта, социализм капитализмы кытта эйэлээхтик олоруон сөптөөх диэн буолбута, дойдулар социализмҥа эгэлгэ суолунан тиийиэхтэрин сөбө этиллибитэ, идеология олохтон арахсара сатамматын уонна догматизм суох буолуохтааҕын туһунан этиллибитэ.
  • Олунньу 25 — ССКП сүүрбэһис сийиэһигэр Москубаҕа Иосиф Сталин таҥараҕа кубулуйуутун (культ личности) Никита Хрущев бэйэтин дакылаатыгар саралаабыт. Бу дакылаакка баартыйа салалтатын ааспыт устуоруйаҕа саҥа көрүүтэ аһыллыбыта, 1930-с — 1950-с сылларга оҥоһуллубут ыар сокуону кэһиилэр ааҕыллыбыттара, буруй Сталиҥҥа сүктэриллибитэ. Сталин саҕана репрессияҕа түбэспит баартыйа уонна аармыйа диэйэтэллэрин буруйдарын хат көрүү туһунан этиллибитэ.
  • Муус устар 4 — ССРС Үрдүкү Суута ытан өлөрүллүбүт Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин Христофор Шараборины (1904—1938) реабилитациялыыр.
  • Муус устар 7Марокко Испанияттан тутулуга суох буолбут.
  • Муус устар 28 — ССРС Үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан көһөрүллүбүт омуктартан спецпоселение эрэсиимэ уһуллубут.
  • Муус устар 29 — Саха АССР Үрдүкү Суута 1928—1929 сылларга Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ буола сылдьыбыт, 1932-35 сылларга Дьокуускайы салайбыт Николай Бубякины буруйа суоҕунан реабилитациялаабыта. 1938 сыллаахха репрессияҕа түбэһэн 1942 сыллаахха хаайыыга өлбүт эбит.
  • Бэс ыйын 6ССРС-ка орто оскуола үрдүкү кылаастарыгар, орто анал уонна үрдүкү үөрэх кыһаларыгар үөрэнии босхо буолбут.
  • Алтынньы 12Ту-104 сөмүлүөт пассажирдаах бастакы көтүүтэ "Москуба — Прага" рейсигэр буолбут.
  • Алтынньы 14Ииндийэҕэ тыытыллыбаттар касталарын басхана Бабасахиб Амбедкар уонна кинини батыһааччы 385 000 киһи индуизмтан буддизмҥа көспүттэр.
  • Алтынньы 19ССРС уонна Дьоппуон Холбоһуктаах декларация ылыммыттар, сэрии туруга тохтотуллубут уонна дипломатическэй сыһыан сөргүтүллүбүт. Декларацияҕа этиллэринэн дойдулар ыккардыларыгар эйэ дуогабара түһэрсиллэр түгэнигэр ССРС Курил арыыларыттан иккитин, Хабомаи уонна Шикотан арыыларын, Дьоппуоҥҥа биэриэх буолбут. Эйэ дуогабара түһэрсиллэрин мэктиэтигэр Дьоппуон нейтральнай дойду буолуохтаах эбит. Ол эрэн Дьоппуон уонна АХШ ыккардыларыгар кыттыгастыы дуогабар баар буолан эйэ дуогабара түһэрсиллибэккэ хаалбыта.
  • Алтынньы 23 — Венгрия өрө туруута саҕаламмыт (алтынньы 9 күнүгэр хам баттаммыта). Өрө туруу Матьяш Ракоши биир өттүттэн, уонна Имре Надь иккис өттүттэн салалталаах былааһы былдьаһыы түмүгэр саҕаламмыта — 200 тыһыынча киһи уулуссаҕа тахсыбыт. Ракоши бэйэтин кэмигэр "Сталин бастыҥ үөрэнээччитинэн" ааҕыллара, дойдуну ССРС мадьыалынан сайыннара сатаабыта, оттон Надь чэпчэки промышленноһы өрө тутар Маленковка чугас этэ, кылгас кэмҥэ дойдуну салайа сылдьыбыт кэмигэр репрессияны тохтоппута, нолуогу кыччаппыта, онон норуот өйөбүлүн ылбыта. Бастаанньа кини туоратыллан, Ракоши киһитэ былааска тахсыбытыттан сылтаан саҕаламмыта. Икки нэдиэлэнэн сэбиэскэй аармыйа тааҥкалардаах киирэн өрө турууну хам баттаабыта. Санаттахха, Матьяш Ракоши кэргэнэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх саха дьахтара этэ.
  • Сэтинньи 2Венгрия бырабыыталыстыбата Варшаватааҕы байыаннай дуогабартан тахсарын туһунан биллэрбит, уонна ХНТ-тан сэбиэскэй сэриилэр дойдуга киириилэрин тохтоторугар көрдөспүт. Ол эрээри ССРС Венгрияҕа буола турар балаһыанньаны ХНТ быһаарсарын вето быраабынан туһанан тохтотон кэбиспит.
  • Сэтинньи 2 — Вильнюска уонна Каунаска Литва ыччата үс устудьуону үөрэхтэн уһулууну утаран демонстрацияҕа тахсыбыт. Бу дьон бу иннинэ "Венгрия өрөбөлүүссүйэтэ туругурдун!" диэн суругу көстөр сиргэ таһаарбыттар эбит.
  • Сэтинньи 24 — ЦК КПСС уурааҕынан депортацияттан дойдуларыгар төннүбүт калмыктар, карачайдар, балкардар, чеченнэр уонна ингуштар национальнай автономиялара сөргүтүллүбүттэр.
  • Сэтинньи 30 — Миирнэй оробуочай бөһүөлэк статуһун ылбыт (муус устар 3, 1959 с. өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи куорат буолбут; 1965 с. Миирнэй оройуонун киинэ буолбут).
  • Ахсынньы 1 — Саха АССР сүөһүтүн ахсаана маннык буолбут: 17 соҕуруу оройуоннарга: ынах-сүөһү — 213 483 төбө, онтон ынаҕа — 80 226 төбө, сылгы ахсаана 104 884, сибиинньэ — 3 779 төбө. 18 хотугу оройуоҥҥа: ынах-сүөһү — 27 169, онтон ынаҕа — 10 469, сылгы — 21 764, сибиинньэ — 697.
  • Олунньу 3Ефросиния Ноговицына — ускуустуба диэйэтэллэрин олохторун-дьаһахтарын уонна айар үлэлэрин чинчийээччи, СӨ Былатыан Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлин билим үлэһитэ, Саха араадьыйатыгар "Горожане" диэн нууччалыы тахсар биэрии ааптара